БИИБИЛИЙЭ ОЛОҔУ УЛАРЫТАР
«Мин билигин аан дойдуну уларытыахтаахпын дии санаабаппын»
ТӨРӨӨБҮТ СЫЛА: 1966
ДОЙДУТА: ФИНЛЯНДИЯ
УРУККУТА: ГРАЖДАНСКАЙ АКТЫБЫЫС
ОЛОҔУН КЭПСЭЭНЭ
Мин оҕо эрдэхпиттэн айылҕаны таптыыбын. Биһиги дьиэ кэргэммит Центральнай Финляндияҕа баар Ювяскюль куорат ойуурдарыгар уонна күөллэригэр сотору-сотору баран сынньанар этэ. Ону тэҥэ мин кыыллары олус сөбүлүүбүн. Оҕо сылдьан ыттары уонна куоскалары барыларын кууһуохпун баҕарар этим! Улаатан баран үгүс дьон кыылларга куһаҕаннык сыһыаннаһалларын көрөн олус хомойор этим. Кэмниэ-кэнэҕэс мин кыыллары көмүскүүр уопсастыбаҕа кыттыспытым. Онно миигинниин биир санаалаах дьону көрсүбүтүм.
Биһиги кыыллар бырааптарын көмүскүүр туһунан иһитиннэриилэри тарҕатарбыт, итиэннэ түүлээх таҥаһы атыылыыр уонна кыылларга уопуттары туруорар тэрилтэлэр утары марштары, демонстрациялары тэрийэрбит. Биһиги оннооҕор кыыллары көмүскүүр бэйэбит тэрилтэбитин арыйбыппыт. Ити үлэбитигэр кытаанах ньымалары туһанар буоламмыт, былаастарга утарсар түгэннэр тахсаллар этэ. Мин хаста эмит сууттана да, хаайылла да сылдьыбытым.
Миигин кыыллар эрэ буолбакка, аан дойду атын ыарахаттара долгуталлар этэ. Сотору кэминэн мин «Аан дойдутааҕы амнистия» уонна «Гринпис» курдук хас да тэрилтэ кыттыылааҕа буолбутум. Бары күүспүн-уохпун бу тэрилтэлэр үлэлэрин өйүүргэ уурбутум. Мин итинник гынан дьадаҥы, аччыктыыр, баттаммыт-атаҕастаммыт дьону көмүскүүргэ туруммутум.
Ол эрээри сотору кэминэн бу аан дойдуну уларытар кыаҕа суохпун өйдөөбүтүм. Маннык тэрилтэлэр сорох кыра кыһалҕалары быһаара сатыыллар этэ даҕаны, улахаттар өссө элбии турар курдук этилэр. Санаабар бу аан дойдуну барытын куһаҕан күүс баһылаабыт курдуга уонна онно ким да кыһаллыбат курдук этэ.
БИИБИЛИЙЭ МИН ОЛОХПУН ХАЙДАХ УЛАРЫППЫТАЙ
Кыаҕа суохпун билинэн, мин Таҥара уонна Биибилийэ туһунан толкуйдаммытым. Хаһан эрэ мин Биибилийэни Иегова Туоһуларын кытта үөрэтэ сылдьыбыттааҕым. Кинилэр миэхэ үтүөтүк уонна эйэҕэстик сыһыаннаһар этилэр эрээри, ол саҕана мин олохпун уларытарга бэлэмэ суох этим. Оттон бу сырыыга атын этэ.
Мин Биибилийэбин булан ааҕан барбытым. Миэхэ ол бааһырбыт сүрэхпин уоскутар эмп курдук буолбута. Биибилийэҕэ дьоннор хамсыыр-харамайга үтүөтүк сыһыаннаһыахтаахтар диэни бэлиэтии көрбүтүм. Холобур, Аман өс 12:10 маннык этиллибит: «Үтүө киһи сүөһүтүгэр кытта кыһамньылаах, оттон куһаҕан киһи муус сүрэхтээх». Ону таһынан киһи-аймах кыһалҕаларыгар Таҥара буруйа суоҕун билбитим. Үгүс дьоннор Таҥара салайыытын тутуспаттарыттан кыһалҕалара элбии турарын өйдөөбүтүм. Мин Иегова тапталын уонна тулуурун билэн олус долгуйбутум (Саалтыыр 102:8—14).
Быһа холоон ол кэмҥэ «Биибилийэ биһигини туохха үөрэтэрий?» диэн кинигэни сакаастыыр купону булбутум уонна ону толорон баран ыйыллыбыт аадырыска ыыппытым. Өр-өтөр буолбакка миэхэ Иегова Туоһулара икки буолан кэлэн Биибилийэни үөрэтиэххин баҕараҕын дуо диэн ыйыппыттара. Мин онно сөбүлэспитим. Саарыстыба Саалатыгар буолар христианскай түмсүүлэргэ сылдьар буолбутум. Онтон ыла Биибилийэ кырдьыга сүрэхпэр олохсуйан барбыта.
Биибилийэ олохпун уларытарбар көмөлөспүтэ: мин табахтан уонна арыгыттан аккаастаммытым, тас көрүҥмүн тардыммытым уонна быдьар тыллары туттубат буолбутум. Ону таһынан былаастарга сыһыаммын уларыппытым (Римляннарга 13:1). Итиэннэ урут көҥүлүнэн сылдьыбыт бэйэм түктэри майгыбын-сигилибин хаалларбытым.
Миэхэ уопсастыбаннай тэрилтэлэргэ сыһыаммын уларытыы саамай ыарахан этэ. Ол элбэх бириэмэни ылбыта. Ол үлэҕэ кыттыбат буоллахпына, таҥнарыахсыт курдук көстүөм дии саныыр этим. Онтон сотору кэминэн Таҥара Саарыстыбата эрэ бу аан дойдуга дьиҥнээх эрэли биэриэн сөбүн өйдөөбүтүм. Ол иһин ити Саарыстыба туһунан атын дьоннор билэллэрин туһугар бары күүспүн уурарга быһаарыммытым (Матфей 6:33).
МИН ОЛОҔУМ ХАЙДАХ ТУПСУБУТАЙ
Актыбыыс эрдэхпинэ мин дьоннору үчүгэйдэргэ уонна куһаҕаннарга араарарым. Итиэннэ куһаҕаттар диэччилэрбэр утарылаһарга бэлэм этим. Ол эрээри Биибилийэ көмөтүнэн атыттары абааһы көрбөт буолбутум. Билигин төттөрүтүн дьоҥҥо барыларыгар христианскай тапталынан сыһыаннаһа сатыыбын (Матфей 5:44). Оннук тапталы көрдөрөргө биир кыаҕынан Таҥара Саарыстыбатын туһунан үтүө сураҕы атыттарга тарҕатыы буолар. Маннык үлэ дьоҥҥо эйэни, үөрүүнү аҕаларын уонна дьиҥнээх эрэли бэлэхтиирин көрөммүн олус дьоллонобун.
Иеговаҕа эрэнэргэ үөрэниэхпиттэн ыла мин дууһалыын уоскуйдум. Айбыт Айааччы дьону уонна хамсыыр-харамайы эрэйдииллэрин тохтотуо уонна сир имири эстэрин көҥүллүө суоҕа диэн бигэ эрэллээхпин. Таҥара сотору бэйэтин Саарыстыбатын көмөтүнэн сиргэ уонна дьоҥҥо таһаарыллыбыт хоромньуну барытын толуйуоҕа (Исайя 11:1—9). Мин бэйэм ити дьиҥ кырдьыгы билбиппиттэн эрэ буолбакка, атыттарга итэҕэли сайыннарарга көмөлөһөрбүттэн улахан үөрүүнү ылабын. Билигин мин аан дойдуну уларытыахтаахпын дии санаабаппын.