65 ЫРЫА
Инники бара тур!
1. Инники бара тур улаатан, сайдан!
Дьиҥ кырдьык уотунан сыдьаайан холобур буол.
Таҥара соругар күүскэ үлэлээ —
Элбэх ситиһиилэниэҥ.
Аар Тойон эйиэхэ эрэнэр,
Хас биирдиибитигэр үлэ баар.
Эйиэхэ күүс-көмө өлгөмнүк биэриэ.
Эрэлгин ыһыктыма!
2. Инники бара тур, хорсуннук кэпсээ!
Үчүгэй сураҕы бары дьоннорго тарҕат.
Иегова Айааччыны айхаллаа
Дьиэттэн дьиэҕэ сылдьаҥҥын!
Утарсыы баарын да үрдүнэн,
Төттөрү чугуйуохпут суоҕа,
Таҥара Саарыстыбатын туһунан
Кырдьыгы биллэриэхпит.
3. Инники бара тур, Таҥара сирдиэ.
Дьарыккын чочулаа, дьаныардаахтык үлэлээ!
Эйиэхэ Таҥара тыына күүс биэриэ,
Сүрэххин дуоһутуоҕа.
Эн дьону тапталлаахтык үөрэт,
Тиһигин быспакка кэлэ тур,
Көмөлөс кырдьык сырдыгын билэргэ,
Инники дьулуһарга.
(Ону таһынан Флп. 1:27; 3:16; Евр. 10:39 көрүҥ.)