5 ЫРЫА
Таҥара сөҕүмэр дьикти дьайыылара
1. Таҥара, билэҕин эн чопчу
Мин турар да, олорор да кэммин.
Саныыр санаабын тургутан өйдүүгүн,
Ытыска уурбут курдук, миигин көрөҕүн.
Кистэлэҥҥэ айыллар кэммэр,
Мин уҥуоҕум чэрчитин көрбүтүҥ,
Миигин сөҕүмэр дьиктитик айбыккын,
Мэлдьи айхал тылын эйиэхэ этэбин.
Дьикти да буолаллар эн дьайыыларыҥ,
Мин дууһам ону толору өйдүүр.
Хараҥа да миигин саһыардаҕына,
Тыыныҥ миигин онтон да булуоҕа.
Ханна саһыамый мин, Иегова?
Хараҥаҕа, үтүгэн түгэҕэр,
Халлааҥҥа дуу, байҕал уҥуор көтүөм дуу?
Онно эмиэ уҥа илииҥ миигин сиэтиэ.
(Ону таһынан Саал. 65:3; 93:19; Иер. 17:10 көрүҥ.)