25 ЫРЫА
Тыынынан бэлиэтэммит дьон
1. Аан дойдуну Айааччы
Өлбөөдүйбэт кыаҕынан
Дьону үөһээ ылаары
Бэлиэтээн талбыта.
ХОС ЫРЫАТА
Иегова, эн ааккын
Аналлаах, тустаах дьонуҥ
Өрүүтүн ытыктыыр,
Мэлдьи уруйдаан, хайҕаан кэпсиир.
2. Эн килбиэннээх сырдыккар
Сөптөөх суолга үөрэтэн,
Адьарайтан босхолоон
Аҕалаллар дьону.
Хос ырыата
Иегова, эн ааккын
Аналлаах, тустаах дьонуҥ
Өрүүтүн ытыктыыр,
Мэлдьи уруйдаан, хайҕаан кэпсиир.
3. Бу бүтэһик күннэргэ
Сиэрдээх тылгын толорор
Олус күүстээх санаалаах,
Бэриниилээх норуот.
Хос ырыата
Иегова, эн ааккын
Аналлаах, тустаах дьонуҥ
Өрүүтүн ытыктыыр,
Мэлдьи уруйдаан, хайҕаан кэпсиир.
(Ону таһынан Ис. 43:20б, 21; Мал. 3:17; Кол. 1:13 көрүҥ.)