22 ЫРЫА
Таҥара Саарыстыбата кэлиэхтин!
-
1. Эйиэхэ тэҥнээх суох, Аҕа,
Эн бааргын мэлдьитин.
Уолгар бүрүстүөлү биэрдиҥ
Бэйэҥ көҥүлгүнэн.
Биир Саарыстыба сотору
Сиэрдээхтик салайыа сири.
ХОС ЫРЫАТА
Халлаан өрөгөйдүүр —
Быыһанар кэм чугаһаата.
Христос баһылыктаах
Эн Саарыстыбаҥ кэлиэхтин!
-
2. Адьарай кэмэ кылгаата,
Олохпут ыараата.
Дьиҥнээх итэҕэллээх буолан
Бигэ эрэллээхпит.
Биир Саарыстыба сотору
Сиэрдээхтик салайыа сири.
ХОС ЫРЫАТА
Халлаан өрөгөйдүүр —
Быыһанар кэм чугаһаата.
Христос баһылыктаах
Эн Саарыстыбаҥ кэлиэхтин!
-
3. Ырыа ньиргийэр үөһэттэн,
Аанньаллар үөрэллэр.
Сиргэ кыйданна Сатана,
Халлаан ыраастанна!
Биир Саарыстыба сотору
Сиэрдээхтик салайыа сири.
ХОС ЫРЫАТА
Халлаан өрөгөйдүүр —
Быыһанар кэм чугаһаата.
Христос баһылыктаах
Эн Саарыстыбаҥ кэлиэхтин!
(Ону таһынан Дан. 2:34, 35; 2 Кор. 4:18 көрүҥ.)