124 ЫРЫА
Мэлдьи бэриниилээхпит
1. Таҥараҕа бэриниилээх,
Тапталлаах буолуоххайыҥ,
Кини биэрбит кэриэс тылын
Булгуччу тутуһуохха.
Муударай Аҕа сокуона
Хаһан да уларыйбат.
Кини ыйбыт көнө суолун
Мэлдьитин батыһыахха.
2. Убайдарга бэриниилээх,
Эрэллээх буолуоххайыҥ
Ыарахаҥҥа көмөлөһөн,
Үтүө тылынан өйөөн.
Сыаналыыбыт, ытыктыыбыт,
Биир сомоҕо буолабыт.
Бырааттыы доҕордоһуубут
Хаһан да уостуо суоҕа.
3. Салалтаҕа бэриниилээх,
Истигэн буолуоххайыҥ
Ыйан биэрэр сүбэ тылын
Ис сүрэхтэн ылынан.
Барытыгар бэриниилээх,
Көрсүө-сэмэй буоллахха,
Алгыс биэриэҕэ Иегова
Бэйэтин норуотугар.
(Ону таһынан Саал. 149:1; 1 Тим. 2:8; Евр. 13:17 көрүҥ.)