122 ЫРЫА
Халбаҥнаабат буолуҥ!
1. Аан дойду дьонноро дьиксинэллэр,
Инники туох күүтэрин билбэттэр.
Уҥа-хаҥас халбаҥныа суохтаахпыт
Таҥара дьыалатыгар.
ХОС ЫРЫАТА
Кытаанах буолуоххайыҥ,
Бу сиргэ бэриммэккэ.
Барытын тулуйан
Итэҕэллээх хаалыах.
2. Бу аан дойду ымсыырдыыта элбэх,
Өйбүт-төйбүт көмүскэл буолуохтун.
Куһаҕантан куотан кырдьыгы тал,
Мэлдьитин хотуулаах буол.
ХОС ЫРЫАТА
Кытаанах буолуоххайыҥ,
Бу сиргэ бэриммэккэ.
Барытын тулуйан
Итэҕэллээх хаалыах.
3. Таҥара соругун ис сүрэхтэн
Күүскэ туруулаһан толоробут,
Үөрүүлээх сураҕы тарҕатабыт,
Бүтэр уһук бу кэллэ.
ХОС ЫРЫАТА
Кытаанах буолуоххайыҥ,
Бу сиргэ бэриммэккэ.
Барытын тулуйан
Итэҕэллээх хаалыах.
(Ону таһынан Лука 21:9; 1 Петр 4:7 көрүҥ.)