Сүрүн матырыйаалларга көс

Иһинээҕитигэр көс

2 БАҺА

Бэйэ-бэйэҕитигэр бэриниилээх буолуҥ

Бэйэ-бэйэҕитигэр бэриниилээх буолуҥ

«Таҥара холбообутун киһи араарбатын» (Марк 10:9).

Иегова биһиги бэриниилээхтик быһыыланарбытыгар баҕарар (Саалтыыр 17:26). Дьиэ кэргэн олоҕор ол улахан суолталаах, тоҕо диэтэххэ бэриниитэ суох буоллахтарына, кинилэр бэйэ-бэйэлэригэр итэҕэйбэт буолуохтарын сөп. Оччоҕуна кинилэр сыһыаннарыгар таптал уостар.

Бүгүҥҥү кэмҥэ үгүстэр олохторун аргыһыгар бэриниилээх буолууну улахаҥҥа уурбаттар. Кэргэннии сыһыаны харыстыыр сыалтан икки туһалаах сүбэни тутуһуохха наада.

1 КЭРГЭННИИ СЫҺЫАНЫ ҮРДҮКТҮК ТУТ

БИБЛИЯ ТУОХ ДИИРИЙ. Библия олоххо «туох улахан суолталааҕын» өйдүүрбүтүгэр ыҥырар (Филиппиецтарга 1:10, СД). Кэргэннии сыһыан эһиги олоххутугар биир саамай улахан суолталааҕынан буолар. Ол иһин эһиги онно улахан болҕомтоҕутун ууруохтааххыт.

Иегова кэргэнниилэр иккиэн бииргэ аргыстаһан олохторун үөрүүтүн үллэстэллэригэр баҕарар (Экклезиаст 9:9). Кэргэнниилэр бэйэ-бэйэлэригэр элбэх бириэмэни аныылларын уонна бэйэ-бэйэлэрин үөрдэ сатыылларын ирдиир (1 Коринфяннарга 10:24). Кэргэниҥ бэйэтин наадалаахпын дии саныырыгар кыһалла сатаа.

ТУҺАЛААХ СҮБЭЛЭР

  • Кэргэниҥ соҕотохсуйбатын туһугар, атын дьыалалары хаалларан туран, кинилиин хайаан да бириэмэни атаарар буол

  • «Мин» диэн тылы буолбакка, «биһиги» диэн тылы туттар буолуҥ

2 СҮРЭХХИТИН ХАРЫСТААҤ

БИБЛИЯ ТУОХ ДИИРИЙ. «Ким дьахтары имэҥирэ көрөр — ол санаатынан кинини кытта хайыы-үйэ көссүүлэспит» (Матфей 5:28). Киһи содур санааҕа баһыйтаран, бэйэтин кэргэнин таҥнарар кэриэтэ буолар.

Иегова «сүрэххин харыстаа» диэн ыҥырар (Притчи 4:23; Иеремия 17:9). Ол иһин болҕомтоҕутун туохха уураргытын көрүнэ сылдыаххытын наада (Матфей 5:29, 30). Онно сөптөөх холобуру Иов диэн Таҥараҕа бэриниилээх киһи хаалларбыта. Кини бэйэтин хараҕын кытта ойоҕуттан ураты атын дьахтары ымсыыра көрбөт гына сөбүлэһии түһэрсибитэ (Иов 31:1). Порнографияны көрбөт буоларга, кытаанахтык быһаарын. Эйиэхэ кэргэн буолбатах киһини кытта чугас сыһыаны олохтоомо.

ТУҺАЛААХ СҮБЭЛЭР

  • Атын дьоҥҥо олоҕуҥ аргыһыгар толору бэриниилээх буоларгын көрдөр

  • Кэргэниҥ тугу саныырын болҕомтоҕор ыл. Өскөтүн кини атын киһини кытта чугастык сыһыаннаһаргын сөбүлээбэт буоллаҕына, оннук сыһыаны сонно тута тохтот