Сүрүн матырыйаалларга көс

Иһинээҕитигэр көс

15 УРУОК

Таҥара доҕотторо үтүөнү оҥороллор

Таҥара доҕотторо үтүөнү оҥороллор

Өскөтүн эн сөҕөр уонна убаастыыр доҕордоох буоллаххына, эн киниэхэ майгынныы сатыыгын. Библия этэр: «Таҥара үтүө санаалаах уонна кырдьык быһыылаах» (Псалом 25:8). Таҥараны кытта доҕордоһорго, биһиги үтүө сигилиилээх уонна кырдьыгы тутуһар буолуохтаахпыт. Библияҕа этиллэр: «Таҥара тапталлаах оҕолоро буоларгыт быһыытынан, Киниэхэ маарынныырга кыһаллыҥ... [уонна] тапталынан салайтаран олоруҥ» (Ефесяннарга 5:1, 2). Итини хайдах толорорго, сорох ньымалара бу бааллар:

Көмөлөһөргө бэлэм буол. «Бар дьоҥҥо үтүөнү оҥоро сылдьыаҕыҥ» (Галаттарга 6:10).

Сүрэхтээхтик үлэлээ. «Ким урут уорбут, ол аны уорбатын, кыамматтарга бэрсэрдээх буолар туһугар илиитинэн туһалааҕы оҥорон бары күүһүн ууран үлэлээтин» (Ефесяннарга 4:28).

Өй-санаа уонна эт-хаан өттүнэн ыраас буол. «Эппитин-сииммитин, дууһабытын киртитэр бары куһаҕантан ыраастанан, Таҥараттан толлон тураммыт, сибэтиэй олохтонуоҕуҥ» (2 Коринфяннарга 7:1).

Бэйэҥ дьиэ кэргэҥҥэр тапталлаахтык уонна убаастабыллаахтык сыһыаннас. «Хас биирдии киһи, бэйэтин таптыырыныы, ойоҕун таптыахтаах; оттон дьахтар эриттэн толлуох тустаах. Оҕолор, Айыы Тойон туһугар төрөппүттэргитигэр бас бэриниҥ» (Ефесяннарга 5:33; 6:1).

Атыттарга тапталлаахтык сыһыаннас. «Бэйэ-бэйэбитин таптыаҕыҥ. Таптал Таҥараттан кэлэр» (1 Иоанн 4:7).

Олорор дойдуҥ сокуоннарын толор. «Ханнык баҕарар киһи [салайааччыларга] бас бэриниэхтээх... Онон кимиэхэ баҕарар тугу биэриэхтээххитин: нолуок буоллун нолуогу... биэрэр буолуҥ» (Римляннарга 13:1, 7).