Сүрүн матырыйаалларга көс

Иһинээҕитигэр көс

18 УРУОК

Таҥара доҕорунан үйэлэр тухары буол!

Таҥара доҕорунан үйэлэр тухары буол!

Доҕору буларга сыраны уурар наада; ол эрээри доҕордуу буолууну сүтэрбэт туһугар кыһаллар эмиэ наада. Эн Таҥараны кытта доҕордоһорго кыһаллыыҥ уонна ону өйүү сатыырыҥ өлгөм былаҕастабылы аҕалыаҕа. Иисус киниэхэ итэҕэйэр дьоҥҥо эппитэ: «Кырдьык эһигини босхолуо» (Иоанн 8:32). Ол аата тугуй?

Эн көҥүлтэн билигин үөрүөххүн сөп. Эн Сатана тарҕатар сымыйа үөрэхтэриттэн уонна албыннарыттан босхолонуоххун син. Иегованы билбэт мөлүйүөнүнэн дьон олоҕо, инникигэ эрэлэ суоҕунан туолан турар. Эн онтон босхолонуоххун син (Римляннарга 8:22). Таҥара доҕотторо оннооҕор «өлүү кутталыттан» босхолор (Еврейдэргэ 2:14, 15).

Эн Таҥара саҥа аан дойдутугар, арааһынай эрэйдэниилэртэн босхолоноҥҥун үөрүөххүн сөп. Кэлэр өттүгэр эйиэхэ тиксиэн сөптөөх көҥүл, хайдахтаах курдук кэрэний! Ырай сиригэр сэриилэртэн, ыарыылартан уонна буруйу оҥоруулартан босхолонуохтара. Дьадаҥы олохтон уонна аччыктааһынтан босхолонуу. Кырдьыыттан уонна өлүүттэн босхолонуу. Кутталтан, баттабылтан уонна кырдьыга суох быһыыланыыттан босхолонуу. Библия Таҥара туһунан манныгы этэр: «Эн илиигин аһаҕыҥ уонна үтүө сыһыаҥҥынан тыыннааҕы барытын дуоһута аһатаҕыаҥ» (Псалом 145:16).

Таҥара доҕотторо үйэлэр тухары олоруохтара. Үйэлэр тухары олох — бу Таҥара, кинини кытта доҕордоһууну көрдүүр дьоҥҥо, барыларыгар биэрэр сыаналаах бэлэҕэ (Римляннарга 6:23). Санаан көр, мэлдьи олорор олох эйиэхэ тугу аҕалыан сөбүн!

Эн элбэҕи ситиһэргэр бириэмэлээх буолуоҥ. Баҕар эн музыкальнай инструмеҥҥа оонньуу үөрэниэххин баҕарарыҥ буолуо. Эбэтэр эн уруһуйдуу үөрэниэххин эбэтэр мас ууһун идэтин баһылыаххын баҕарарыҥ буолуо. Баҕар эн кыыллар уонна үүнээйилэр тустарынан элбэҕи билэр баҕалааҕыҥ буолуо. Бука эн айаны сөбүлүүрүҥ буолуо уонна араас дойдулары, норуоттары көрүөххүн баҕарарыҥ буолуо. Үйэлэр тухары олох итини барытын кыаллар оҥоруо!

Эн элбэх доҕордоноргор бириэмэлээх буолуоҥ. Үйэлэр тухары олох, Таҥара доҕоро буолбут элбэх дьону кытта билсиһэр кыаҕы биэриэ. Эн кинилэр талааннарын уонна хаачыстыбаларын билиэҥ, уонна кинилэр эмиэ эн доҕотторгунан буолуохтара. Эн кинилэри таптыыр буолуоҥ, уонна кинилэр эйигин эмиэ таптыахтара (1 Коринфяннарга 13:8). Бүппэт олох эйиэхэ, сиргэ баар дьону барыларын кытта доҕордоһор кыаҕы биэриэ! Ол эрээри эн Иегованы кытта доҕордоһууҥ үйэлэр тухары күүһүрэртэн-күүһүрэн иһэрэ саамай үчүгэй буолар. Таҥара доҕорунан үйэлэр тухары буол!