11 УРУОК
Биибилийэ үөрэтиитинэн олоруу тугунан ордугуй?
1. Бэйэбит билэрбитинэн олорорбут тоҕо сыыһа буоларый?
Айбыт Айааччы биһигиннээҕэр быдан муударай уонна барытын ордук билэр. Кини таптыыр аҕа курдук биһиги туспутугар долгуйар уонна араас ыарахаттартан көмүскүөн баҕарар. Ону таһынан биһиги Таҥарата суох олорор гына айыллыбатахпыт (Иеремия 10:23). Кыра оҕо төрөппүттэрин көрүүтүгэр-истиитигэр наадыйарын курдук, биһиги эмиэ Айбыт Айааччыбыт муударай сүбэтигэр наадыйабыт (Исаия 48:17, 18). Биибилийэ үөрэхтэрэ биһиги олохпутугар ыйыы-кэрдии биэрэллэр. Бу Таҥара бэлэҕэ буолар. (2 Тимофей 3:16 ааҕыҥ.)
Иегова сокуоннара уонна үөрэхтэрэ билиҥҥи да кэмҥэ үчүгэйдик олорорго көмөлөһөллөр. Ону таһынан инниккитин бараммат олоххо тиксэргэ төрүөт буолаллар. Таҥара биһигини айбытын уонна биһиги туспутунан барытын билэрин иһин, кини сүбэлэрин истэрбит уонна киниэхэ махтанарбыт тоҕоостоох буолуо этэ. (Саалтыыр 18:8, 12; Арыллыы 4:11 ааҕыҥ.)
2. Биибилийэ үөрэхтэрэ диэн тугуй?
Биибилийэҕэ сокуоннар уонна үөрэхтэр бааллар. Сокуоннар диэн чопчу быраабылалар буолаллар (Апостоллар 15:29). Оттон үөрэхтэр диэн ханнык эмит сүрүн балаһыанньалар, ханна баҕарар туттуллуон сөптөөх кырдьыктар буолаллар. Таҥара үөрэҕин ханнык эмит түгэҥҥэ хайдах туттуохха сөбүн өйдүүргэ толкуйдуур дьоҕуру туһаныахха наада (Аман өс 2:10—12). Холобура, Биибилийэ үөрэтэринэн, олох — Таҥара бэлэҕэ. Бу сүрүн үөрэх үлэҕэ, дьиэҕэ уонна сынньалаҥҥа сылдьан куттал суох буолар быраабылаларын тутуһарбытыгар көмөлөһүөҕэ. (Апостоллар 17:28 ааҕыҥ.)
3. Ханнык икки үөрэх саамай улахан суолталаах буоларый?
Иисус икки сүрүн үөрэх баар диэн эппитэ. Бастакыта киһи олоҕун сыалын таарыйар, ол Таҥараны билии, киниэхэ таптал уонна бэриниилээхтик сулууспалааһын буолар. Олохпутугар ханнык да быһаарыныыны ылыммыппытын иһин, бу бастакы үөрэҕинэн мэлдьи салайтарыахпытын наада (Аман өс 3:6). Маннык быһыыланааччылар Таҥара доҕотторо буолуохтарын син, итиэннэ мэлдьи олоруохтарын уонна дьоллоох буолуохтарын сөп. (Матфей 22:36—38 ааҕыҥ.)
Иккис үөрэх тулалыыр дьону кытта үчүгэй сыһыаннаах буоларга көмөлөһүөҕэ (1 Коринфяннарга 13:4—7). Бу үөрэҕи тутуһарга Таҥара дьоҥҥо хайдах сыһыаннаһарын курдук быһыыланыахпытын наада. (Матфей 7:12; 22:39, 40 ааҕыҥ.)
4. Биибилийэ үөрэхтэрин тутуһуу туох туһалааҕый?
Биибилийэ үөрэхтэрэ дьиэ кэргэни түмэллэр уонна дьиҥнээх тапталы көрдөрөргө көмөлөһөллөр (Колоссяннарга 3:12—14). Таҥара Тылыгар өссө биир улахан суолталаах үөрэх баар. Биибилийэ этэринэн кэргэнниилэр олохторун тухары бииргэ буолуохтаахтар. (Айыллыы 2:24 ааҕыҥ.)
Биибилийэ үөрэхтэрин тутуһан олордоххо бэйэбитин үп-харчы уонна өй-санаа өттүнэн харыстыахпытын сөп. Холобур, чиэһинэй уонна сүрэхтээх киһини үлэҕэ ордук ылаллар (Аман өс 10:4, 26; Еврейдэргэ 13:18). Ону таһынан Таҥара Тыла туох баардаахпытынан дуоһуйан олорорго уонна туохтааҕар да ордук Таҥараны кытта доҕордоһууну үрдүктүк тутарбытыгар үөрэтэр. (Матфей 6:24, 25, 33; 1 Тимофейга 6:8—10 ааҕыҥ.)
Биибилийэ үөрэхтэрин тутуһуу доруобуйаны харыстыырга көмөлөһүө (Аман өс 14:30; 22:24, 25). Холобура, Таҥара Тыла арыгылааһыны сэмэлиир. Биһиги бу боппуруоска Таҥараны истэр буоллахпытына, өлөр ыарыылартан уонна суол быһылаанын курдук иэдээҥҥэ түбэһэртэн харыстаныахпыт (Аман өс 23:20). Иегова арыгыны иһэри боппот эрээри, аһары элбэҕи иһэри көҥүллээбэт (Саалтыыр 103:15; 1 Коринфяннарга 6:10). Биибилийэ быһыыбытын-майгыбытын уонна өйбүтүн-санаабытын көрүнэ сылдьарбытыгар үөрэтэр (Саалтыыр 118:97—100). Дьиҥнээх христианнар Таҥара нуормаларын олохторун тупсараары эрэ буолбакка, Иегованы айхаллаары тутуһаллар. (Матфей 5:14—16 ааҕыҥ.)