Сүрүн матырыйаалларга көс

Иһинээҕитигэр көс

64 ЫРЫА

Хомуурга кыттан үөрүүбүт үксүүр

Хомуурга кыттан үөрүүбүт үксүүр

(Матфей 13:1—23)

  1. 1. Ыһыллыбыт сиэмэ хонууга

    Олус да хойуутук үүммүт.

    Хомуур кэмигэр кыттар чиэскэ

    Тиксэммит үөрүүбүт үгүс.

    Иисус үлэбитин салайар,

    Биһиэхэ холобур буолар.

    Толоробут бу үлэни бары

    Сүрэхпитин биэрэн туран.

  2. 2. Таҥараҕа уонна дьоннорго

    Дьиҥнээх таптал баар буолуохтаах.

    Оччоҕо кэпсиэхпит биһиги

    Үтүө сураҕы суһаллык.

    Дьолу бэлэхтиэҕэ өлгөмнүк,

    Алгыстыа таптыыр Аҕабыт.

    Ким тиһэҕэр тиийэ тулуйбут, ол

    Саҥа дойдуга киириэҕэ.

(Ону таһынан Матф. 24:13; 1 Кор. 3:9; 2 Тим. 4:2 көрүҥ.)