Сүрүн матырыйаалларга көс

Иһинээҕитигэр көс

34 ЫРЫА

Эҥкилэ суох буол

Эҥкилэ суох буол

(Саалтыыр 25)

  1. 1. Айыы Тойон, мин кырдьыкпын таһаар.

    Эйиэхэ эрэнэн мин эҥкилэ суохпун.

    Ис дууһабын холоон, чинчийэн көр,

    Мин сүрэхпин, өйбүн ыраастаа, алгыстаа.

    ХОС ЫРЫАТА

    Оттон бэйэм бигэ эрэллээхпин:

    Омнуота суох ыраас олоҕу олоруом.

  2. 2. Албын дьоннуун кэккэлэспэтэҕим,

    Хара дьайдаахтары абааһы көрөрүм.

    Сидьиҥ дьонтон, Иегова, өрүһүй,

    Өлөрүмэ миигин нэгэйдэри кытта.

    ХОС ЫРЫАТА

    Оттон бэйэм бигэ эрэллээхпин:

    Омнуота суох ыраас олоҕу олоруом.

  3. 3. Эн дьиэҕин ис сүрэхтэн таптаатым.

    Эйиэхэ күнтэн күн күүскэ сүгүрүйүөм,

    Ытык сиргин мин эргийэ хаамыам,

    Эн ааккын айхаллаан, махтал тылын этиэм.

    ХОС ЫРЫАТА

    Оттон бэйэм бигэ эрэллээхпин:

    Омнуота суох ыраас олоҕу олоруом.

(Ону таһынан Саал. 24:2 көрүҥ.)